«Мой любимый писатель С. П. Данилов»

Мин сөбүлүүр суруйааччым – Сэмэн Данилов.

Өйтөн суруйуу

Биһиги бары билэрбит курдук, 2017 сыл – биһиги улууспутугар Семен Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананар. Ол иһин элбэх дьон сөбүлээн ааҕар, ытыктыыр биир дойдулаахпытыгар улууспут бары нэһилиэктэригэр, улууспутугар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттара, билигин даҕаны тиһигин быспакка ыытылла тураллар.

Саха Республикатын народнай суруйааччыта, биһиги Горнайдар биир дойдулаахпыт Семен Петрович Данилов Горнай лууһун Мытаах нэһилиэгэр (Бор алааска) 1917 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ – Мария Яковлевна, аҕата – Петр Яковлевич диэннэр. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр. Быраата – Софрон Петрович Данилов – Саха Республикатын народнай суруйааччыта.

Төрөөбүт дойду… Олус истиҥ, дириҥ ис хоһоонноох тыллар. Биһиги хас биирдиибит төрөөбүт дойдулаах, сирдээх-уоттаах. Төрөөбүт дойду – киһи олох кыра эрдэҕиттэн улаатан тахсыбыт сирэ-уота буолар. Оттон мин төрөөбүт дойдум Горнай улууһун Күөрэлээх бөһүөлэгэ буолар. Бөһүөлэкпит төһө да кыра буоллар, мин кинини олус күүскэ таптыыбын. Ыраата бардахпына куруук суохтуубун кинини. Мин улаатан истэҕим ахсын мин Күөрэлээҕим эмиэ тэҥҥэ улаатан, сайдан иһэр. Ол курдук, биһиги нэһилиэккэ 2010 сыллаахха күөх төлөҥҥө холбоммуппут, суотабай сибээһэ киллэриллибитэ, онон олохпут сайынна диэххэ сөп. Мин ханна да буолларбын куруук ахтабын Күөрэлээҕим кэрэ айылҕатын, сибиэһэй салгынын, дьонун-сэргэтин. Мин куруук Күөрэлээхпинэн киэн тутта сылдьыам, кини аатын ааттата турар баҕа санаалаахпын.

Семен Петрович Данилов оҕо-аймахха элбэх айымньылары суруйан хаалларбыта. Ол айымньыларын биһиги, оҕолор, кыра сааспытыттан таптаан, сэргээн ааҕабыт. Суруйааччы суруйар сүрүн тиэмэтинэн Ийэ дойдуга таптал уонна төрөөбүт дойдуну хоһуйуу буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ордук биллэр оҕолорго сөбүлэппит айымньылара: “Муҥхаал буолар куһаҕан”, “Дьалбаа уол туһунан”, “Мэлдьэх Микиитэ”, “Кэдэрги кэмэлдьилээх”, “Ытанньах”, “Сымыйаччы”, “Саатта” уонна да атын айымньылар. Семен Данилов “Балык уола Балыкчаан” диэн айымньытыгар орой мэник, кирдээх сирэйдээх-харахтаах, бытаан туттуулаах-хаптыылаах, сымыйалыыр оҕолору күлүү-элэк гынан ойуулаан көрдөрөр. Суруйааччы айымньыны аахпыт атын оҕолор үтүө дьон буолалларыгар эрэнэр, сүбэлиир.

11 стр., 5255 слов

Пётр I и его сподвижники

... о тех людях, которые его окружали и являлись его сподвижниками. Целью Задачами 1. Изучить роль Петра I в истории России. 2. Выяснить какие личности окружали Петра Великого. Глава 1. Петр I - человек истории "Россия ...

Семен Петрович Данилов оҕо аймахха элбэх хоһоону суруйан хаалларбытын мин сөҕө, махтайа санаатым. Кини хоһооннорун темата олус элбэх: оҕолорго аналлаах, айылҕаны харыстааһын, төрөөбүт дойду туһунан уонна да атын. Мин кини хоһооннорун ааҕан баран кини курдук суруйааччы буолуохпун баҕардым. Мин сөбүлүүр суруйааччыбынан киэн туттабын уонна кини хоһооннорун өссө да ааҕа, үөрэтэ сылдьыаҕым.

Горнай улууһун С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата

Мин сөбүлүүр суруйааччым – Сэмэн Данилов

Үлэни суруйда:

С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто

5 кылаа

Салайааччы:

учуутала Иванова Л.П

Күөрэлээх – 2017